Хубсугул
Хубсугу́л (урут Косогол, ардыгар Хувсгел, монг. Хөвсгөл нуур, монг. Хөвсгөл далай) — Хоту Монголияҕа сытар улахан күөл, Арассыыйа кыраныыссатыттан чугас. Иэнинэн иккис уонна ордук дириҥ күөл буолар. Төрүтүнэн (күөл Байкал рифтыгар киирэр), гидрогеологиятынан уонна уутун састаабынан Байкалга олус майгынныыр, ардыгар күөлү «Байкал биитэ» диэн ааттыыллар эбит.
Гидрография уонна климатын уратылара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Хубсугул — хайларга үрдүк сытар күөл, Илин Саяннар соҕуруу эниэтигэр байҕал таһымыттан 1646 м үрдүккэ сытар. Күөл уутун сабардама 381 км³, муҥутуур дириҥэ 262 м., Хубсугул — Монголия ордук дириҥ күөлэ буолар. Күөл уһуна 136 км, ордук кэтирээһинэ 36,5 км. Күөлгэ 96 өрүс уонна үрэх түһэр. Хубсугултан Эгийн-Гол өрүс тахсар (Селенга бассейныгар киирэр). Ахсынньыттан ыам ыйыгар диэри тоҥор. Күөл устун ааллар усталлар. Соҕуруу Хатгал, хоту Ханх бириистэннэр үлэлииллэр. Сыл ахсын күөл сэтинньи бүтэһигэр мууһуран барар, муус халыҥа 1,4 м. Муус ууллуута ыам ыйыгар саҕаланар уонна бэс ыйын саҕаланыытыгар ууллан бүтэр. Уу температурата ортотунан +10…+14 °C, хомолорго сайынын балайда сылыйар. Хубсугул таһыгар фосфориттар сытар сирдэрин булбуттар.
Бэлиэ сирдэр уонна туризм
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Хубсугул иккис аата — Күөх чөмчүүк. Хубсугул — быһа холоон 17 былыргы күөллэртэн (2 мөл саастаах) биирдэстэрэ. Хубсугул олохтоохтор айыыргыыр сирдэрэ буолар. Күөлтэн сүүрдэн тахсар Эгийн-Гол өрүс 1000 км устан Селенга өрүһүнэн Байкал күөлүгэр түһэр. Күөллэр икки ардылара быһаччы 200 км.
Күөл тула киин Азия истиэбин уонна сибиирдээҕи тайҕа уларыйар сирэ, судургутук харайыллар национальнай парк буолар. Паркаҕа элбэк Аан дойду кыһыл кинигэтигэр киирбит кыыллар уонна харамайдар үөскүүллэр: чубуку, тайах, бөрө, сиэгэн, бүүчээн, эһэ, киис, сибиир хайа козела, күөлгэ балык 9 көрүҥэ иитиллэр, ол быыһыгар быйыт уонна дьарҕаа.
Хубсугул — туристар сөбүлээн сылдьар сирдэрэ. 2007 сыллаахха, Ханх таһыгар 5 турбаза баар эбит, соҕуруу Хатгал диэки 29[1]. Күөл устун дьону таһар «Сухэ Батор» паромсылдьар, ол гынан баран массыыналары тиэйбэт. Күөл хоту өттө Россия кыраныыссатыттан 11 км сиргэ сытар, КПП Монды — Ханх.
Литература
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сельский И. Озеро Косогол и его нагорная долина по сведениям, собранным членом-сотрудником ИРГО Пермикиным // Вестник РГО. — СПб., 1858. Ч. 24. — Разд. 2. — С. 41-76.
- Атлас озера Хубсугул: Монгольская народная республика / Гл. ред. Б. А. Богоявленский. — М.: Главное управление геодезии и картографии при Совете министров СССР, 1989. — 120 с. — 15 000 экз. (в пер., суперобл.)