Балаҕан ыйын 21
Тас көрүҥэ
Балаҕан ыйын 21 диэн Григориан халандаарыгар сыл 264-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 265-c күнэ). Сыл бүтүө 101 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы эйэ күнэ
- Дойдулар ардыларынааҕы Альцгеймер ыарыытын туһунан информация тарҕатыы күнэ
- Армения — Тутулуга суох буолуу күнэ (1991, Сэбиэскэй Сойуустан)
- Белиз — Тутулуга суох буолуу күнэ (1981, Британияттан)
- Боливия — Устудьуон күнэ
- Бразилия — Мас олордуу күнэ
- Гана — Олохтооччулар күннэрэ. Гаана тутулуга суох буолуутугар сүдү кылааты киллэрбит алта киһини ахталлар, олортон биирдэстэрин — Гаана бастакы бэрэсидьиэнин Кваме Нкрума — төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр. Ону таһынан бүгүн Гаанаҕа Волонтер күнэ
- Мальта — Тутулуга суох буолуу күнэ (1964, Британияттан)
- Польша — Таможня сулууспатын күнэ
- Арассыыйа — Арассыыйа байыаннай килбиэнин күнэ. Куликово хонуутугар кыргыһыыга кыайыы күнэ (1380 сыл). Арассыыйа судаарыстыбаннаһа төрүттэммит күнэ (862 сыл)
- Арассыыйа — Коллекционер күнэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 862 — Новгород олохтоохторо бэйэлэригэр кинээһинэн Рюрик, Синеус уонна Трувор диэн варягтары ыҥырбыттар.
- 1217 — Вильянди аттынааҕы кыргыһыы. Ливон уордьанын аармыйата эстар аармыйаларын (билиҥҥи эстонецтар өбүгэлэрэ) кыайбыт. Христианизация түргэтээбит.
- 1799 — Александр Суворов хамаандалаах нуучча уонна Австрия сэриилэрэ Швейцария Альпаларын туорааһыннара саҕаламмыт.
- 1857 — Ииндийэтээҕи өрө турууну хам баттааһын кэмигэр Улуу Британия сэриилэрэ Делини штурмалаан ылбыттар. Уруккута Ииндийэни бас билэн олорбут Улуу Моҕол импиэрийэтэ ыһыллыбыт.
- 1878 — Дьокуускайга бастакы паарынан хамсыыр «Лена» борохуот кэлбит.
- 1860 — Опиум иккис сэриитин кэмигэр Балицяо күргэтин аттынааҕы быһаарыылаах кыргыһыы буолбут. Кыайбыт англичааннар уонна французтар Пекиҥҥэ киирбиттэрэ.
- 1898 — Кытайга огдообо императрица Цыси переворот оҥорон былааһы бэйэтигэр ылбыт. Кини 1908 сыллаахха диэри Кытайы салайан олорбута.
- 1993 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Үрдүкү Сэбиэти ыһар туһунан ыйаах таһаарбыт. Ол кэнниттэн Үрдүкү Сэбиэт бэйэтэ бэрэсидьиэни солотуттан устубут. Бу былаас былдьаһыытыгар улахан миитиҥнэр буолбуттара, Москубаҕа тааҥкалардаах аармыйа киллэриллибитэ, тааҥкалар Үрүҥ дьиэни ытыалаабыттара.
- 1996 — АХШ Конгреһа Дьиэ кэргэни харыстааһын туһунан сокуон ылыммыт. Бу сокуоҥҥа эр киһи уонна дьахтар холбоһуулара эрэ дьиэ кэргэн диэн буолара этиллибитэ. Ол эрэн кэлин АХШ Үрдүкү Суута сокуону сүрүннээн көтүрбүтэ.
- 2003 — Юпитеры чинчийбит Галилео хараабыл үлэтин тохтоппут.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1914 — Александр Силин — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха Сирин уһун үйэлээх олохтооҕо.
- 1928 — Олег Ковалевскай — худуоһунньук, график, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1832 — Вальтер Скотт, Шотландия суруйааччыта, драматург уонна бэйиэт (1771 төр.)
- 1860 — Артур Шопенгауэр, ньиэмэс бөлүһүөгэ уонна суруйааччыта (1788 төр.)
|