Бэс ыйын 19
Тас көрүҥэ
Бэс ыйын 19 диэн Григориан халандаарыгар сыл 170-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 171-c күнэ). Сыл бүтүө 195 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ХНТ — Сэрии кэмигэр күүһүлээһини утары охсуһуу күнэ[1]
- Арассыыйа — Мэдиссиинэ үлэһитин күнэ (бэс ыйын үһүс баскыһыанната)
- Тиэтэйбэккэ дьаарбайыы күнэ [2]
- Алжир — Өрөбөлүүссүйэ күнэ
- Венгрия — Тутулуга суох Венгрия күнэ
- Кувейт — Тутулуга суох буолуу күнэ
- АХШ — Кулуттары босхолообут күн. 1865 сыллаахха Техааска аармыйа генерала Грейнджер кулуттары босхолуур туһунан бирикээһэ тахсыбыт. Уруккуттан хара тириилээхтэр киэҥник бэлиэтиир күннэрэ, былырыыҥҥыттан бэрэсидьиэн Байден ыйааҕынан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр
- Тринидад уонна Тобаго — Үлэ күнэ[3].
- Уругвай — Хосе Артигас төрөөбүт күнэ
- ПМР — Бендеры толук буолбут дьонун ахтар күн[4]. 1992 сыллаахха бу куоракка икки өттүттэн (тутулуга суох буолуу уонна ССРС иһигэр хаалыан баҕарааччылар) сүүһүнэн киһи уонна олохтоохтортон элбэх киһи өлүүлээх утарыта турсуу буолбута.
- Элбэх дойдуга Аҕа күнэ (бэс ыйын үһүс баскыһыанната). 2022 сыллаахха бэс ыйын 19 күнүгэр түбэһэр, 2023 — 18 күнүгэр
- Серповидноклеточнай анемия күнэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Б. э. инн. 240 сыл — былыргы гириэк учуонайа Эратосфен Сир меридианын устатын ааҕан таһаарбыт.
- 1739 — Мартын Шпанберг хапытаан Камчааткаҕа тутуллубут аалларынан Японияҕа тиийбит. Ыраахтааҕы Анна Иоанновна сорудаҕынан туох тутуллааҕын, пуортарын чичнийбит, атыы-эргиэн бастакы хардыыларын оҥорбут.
- 1809 — Финляндия Швецияттан арахсан Арассыыйа састаабыгар көспүтүн кэннэ ыҥырыллыбыт сейм (түмэн) Финляндияны Арассыыйа иһигэр киэҥ автономиялаах судаарыстыбанан биллэрбит. Ыраахтааҕы Александр I ол туһунан манифест таһаарбыт. Сейм дьокутааттара ыраахтааҕыга андаҕайбыттар.
- 1862 — АХШ Кэнгириэһэ кулуттааһыны боппут. Бу кэмҥэ гражданскай сэрии хайыы-үйэ буола турара.
- 1899 — Арассыыйаҕа Манньыат устааба бигэргэммит, Сергей Витте дойду үбүн-харчытын тиһигин уларытыыта манан түмүктэммит.
- 1920 — РСФСР Совнаркома Бүтүн Арассыыйатааҕы аахпат буолууну суох гынар хамыыһыйа тэрийбит.
- 1921 — Дьокуускайга II күбүөрүнэтээҕи (уобаластааҕы) баартыйа мунньаҕа саҕаламмыт (бэс ыйын 22 түмүктэммитэ). Саха сирин автономиятын туһунан боппуруоһу ырыппыттар. Наркомнац аатыттан Максим Аммосов автономияны туруорсан дакылаат аахпыт, автономияны утарааччылар бөлөхтөрүттэн Степан Васильев тыл эппит. Түмүк куоластааһыҥҥа автономия иһин 29 киһи, утары 21 киһи этиммиттэр, 2 киһи туттуммут[5].
- 1923 — Алдан куората олохтоммут. Бу күн Незаметнай үрэҕэр аҕыйах билэр дьонун кытары көмүс сууйа сылдьар саха Михаил Тарабукин уонна Дьокуускайтан кэлбит трудовой артель салайааччыта латыш Вольдемар Бертин кыһыл көмүс булбуттар.
- 1917 — Аан дойду бастакы сэриитин кэмигэр Улуу Британия хоруола Георг V бэйэтин кэргэттэрин ааттарыттан ньиэмэстии титуллары суох гынарга ыйаах таһаарбыт. Инньэ гынан хоруол династиятын аата Саксен-Кобург-Гота оннугар Виндзор буолбута.
- 1947 — Верхоянскай куорат суруксутун уола устуорук учуонай Афанасий Новгородов Тыл, литератуура уонна устуоруйа институутун дириэктэрэ буолбут.
- 1960 — Тустуук, хапсаҕайга икки төгүллээх өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ Үөгэн нэһилиэгиттэн төрүттээх Михаил Толбонов Томпо оройуонун спартакиадатыгар кыайбыт.
- 1961 — Кувейт тутулуга суох буолбут.
- 1992 — Молдавияҕа Бендеры куорат иһин кыргыһыы саҕаламмыт. Биир өттүттэн Приднестровьены тутулуга суох гына сатыыр күүстэр, иккис өттүттэн Молдавия бүтүн буоларын туруулаһааччылар кыргыспыттар. Приднестровье өттүттэн генерал Лебедь салайааччылаах ССРС 14-с аармыйатын чаастара кыттыбыттара. Бу баччааҥҥа диэри сүгүн чинчиллибэтэх кыргыһыы кэмигэр Лебедь өстөөҕө Костенко диэн, кинини кытта Афганистааҥҥа сулууспалаабыт эппиһиэр, биллибэт быһыыга-майгыга өлбүтэ (Лебедь Афганистааҥҥа "договорной" кишлак дьонун ытыалаабытын иһин Костенко кинини кырбаабыта биллэр).
- 1993 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин СӨ бэрэсидьиэнин Михаил Николаев ыҥырыытынан Таатта ыһыаҕар сылдьыбыт.
- 1998 — Саха дьахталларыттан бастакы гроссмейстер Александра Бурнашева сүүс харахтаах дуобакка дьахталларга Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолбут.
- 2012 — WikiLeaks тэрийээччи Джулиан Ассанж Эквадор Лондоннааҕы посольствотыгар саһар сир көрдөөбүт. АХШ-ка экстрадициялыахтара диэн сэрэхэчийэн.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1908 — Павел Мельников (21.07.1994 өлб.) — ирбэт тоҥу чинчийбит геолог учуонай, Социалистыы Үлэ Дьоруойа. Бу Петербуурга төрөөбүт киһи 1939 сыллаахтан 1988 сыллаахха диэри Саха сиригэр үлэлээбитэ.
- 1985 — Гея Буртахова, суруналыыс, «Саха» НКИХ ыытааччыта, Дьокуускайга төрөөбүт.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1956 — Владимир Обручев (1863 төр.), геолог, географ, академик, айанньыт, билими билиһиннэрээччи. "Санников сирэ" диэн арамаан ааптара.
- 2007 — Михаил Шкулев-Налимскай (3.07.1919 төр.) — тойуксут, олоҥхоһут, Абый улууһун устуоруйатын, уран тылын баайын хомуйааччы, чинчийээччи, толорооччу.
|
- ↑ Международный день борьбы с сексуальным насилием в условиях конфликта, 19 июня // Организация Объединенных Наций.
- ↑ 19 июня — Международный день прогулки // Penzainform.ru.
- ↑ Public holidays in Trinidad and Tobago(ааҥл.).
- ↑ План мероприятия на день памяти жертв Бендерской трагедии 19 июня(нууч.)(суох сигэ — история) (14 Бэс ыйын 2013). Тургутулунна 17 Бэс ыйын 2013. Төрүт сириттэн архыыптанна 31 Алтынньы 2016.
- ↑ И.А. Аргунов, С.Н. Васильев и др. 40 лет Якутской автономии. — Якутск: Якутское книжное издательство, 1962. — С. 16-17. — 191 с.