Иһинээҕитигэр көс

Гильотина

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Гильотина

Гильотина (фр. Guillotine) — төбө быһар массыына. Икки туруору баҕана ыккардыгар кыбытыллыбыт быһаҕа үөһэттэн төлөрүйэн түһэн киһи моонньун быһа охсор эбит. 1792 сыллаахха Францияҕа айыллыбыт дииллэр. Ол эрэн майгынныыр массыыналар XV-XVII үйэлэргэ Шотландияҕа, Англияҕа, Германияҕа уонна да атын Европа дойдуларыгар бааллара биллэр. Франция бырааһа Жозеф Игнац Гильотен аатынан ааттаммыт, бу быраас массыына киһини муҥнаабакка өлөрөр диэн өлөрөр массыына суут-сокуон систиэмэтигэр туттуллуохтааҕын туруорсар эбит.

Бүтэһигин гильотина Францияҕа 1977 сыллаахха туттуллубут.