2006
Сыллар |
---|
2002 2003 2004 2005 — 2006 — 2007 2008 2009 2010 |
Уоннуу сыллар |
1970-с 1980-с 1990-с — 2000-с — 2010-с 2020-с 2030-с |
Үйэлэр |
XX үйэ — XXI үйэ |
2006 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]АЛРОСА баайын-дуолун түҥэттиигэ быһаарыылаах сыл. 19.8 т көмүс хостоммут (былрыыҥҥытыааҕар 6 быр үрдүк) 11.6 мөл туонна таас чох хостоммут (4 быр үрдүк) "2007-2011 сылларга нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын" программа ылыныллыбыт 15 алмааһы кырыылыыр собуот үлэлээбит 577 мөл. солк. ювелирнай оҥоһук оҥоруллан тахсыбыт 1,5 тыһ. турист кэлэ сылдьыбыт 354 цифровой АТС баар буолбут, спутник сибээһин сирдээҕи станциятын ахсаана 181-гэ тиийбит 326 оскуола интэриниэт ситимигэр холбоммут Суотабай сибээс абоненнарын ахсаан сыл бүтүүтгэр 450 тыһ. буолбут. Суотабай сибээс 12 улууска киирбит.
Амыр уоблаһыгар Саха сирин бас билэр сопхуоһа үлэлиир, 1500 гааҕа соя үүннэрэн Хаптаҕайдааҕы комбикорм оҥорор собуоту хааччыйар эбит.
Сахалииҥҥа саха сылгытын иитэн саҕалаабыттар.
285,5 тыһ. кв. м олорор дьиэ килэриллибит.
15 саҥа оскуола үлэҕэ киирбит.
СГУ 50 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэммит. Университет иһинэн 8 институт, 9 факультет, 132 хаапыдыра үлэлиирэ этиллибит. Ону таһынан 2 чинчийэр институт, бибилэтиэкэ, 19 чинчийэр лаборатория бааллар эбит. 2 филиал Мииринэйгэ уонна Нүөрүҥгүрүгэ үлэлииллэр. 140 билим дуоктара. 600 хандьыдаат. 4 докторскай уонна 4 хандьыдаат диссертационнай сэбиэтэ. ыам ыйын 22 к. Москубаҕа МГУ билим кэмпириэнсийэтэ тэриллибит. Алтынньыга - үбүлүөй түмүктүүр тэрээһиннэрэ[1].
Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу - 2002 сыллаахтан ыытыллар реформа түмүгэр Саха сирэ олохтоох бэйэни салайаныыга киирбит.
- Тохсунньу 6 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Дьокуускайга кэлэ сылдьыбыт. Тыл этиитигэр ньиэп-гаас хостууру сайыннарыыга ордук болҕомто уурбут. Өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнэ Штыров хотугу биэнсиэйлэр тустарынан боппуруоһу көтөхпүт. Путиҥҥа кэнсиэр көрдөрбүттэр, Уус-уран түмэлгэ сырытыннарбыттар. Преображение хаапыдыралаах собуоругар Ороһооспо сиэригэр-туомугар сылдьыбыт.
- Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьокуускайга Национальнай уус-уран түмэлгэ сылдьан суруналыыстары кытта кэпсэтиитигэр "сахалар култуураҕытын өрө тута сылдьаргытын үөрэ көрдүм" диэбит.
- Тохсунньу 7 — Бэрэсидьиэн дьуолкатыгар 700 оҕо сылдьыбыт. Хас биирдиилэригэр бэрэсидьиэн аатыттан 20 тыһ. солкуобай бэлэхтэммит.
- Тохсунньу 8 — Аммаҕа улуус саҥа балыыһата аһыллыбыт. Икки мэндиэмэннээх балыыһа 50 сытар миэстэлээх эбит.
- Тохсунньу 16 — Эллен Джонсон-Серлиф Либерия бэрэсидьиэнин солотугар киирбит. Африкаҕа дойдуну баһылаабыт бастакы дьахтар буолбут.
- Тохсунньу 17 — Санкт-Петербурга Эрмитаж тыйаатырыгар «Саха сирин виртуозтара» кырыымпаһыттар бөлөхтөрө кэнсиэртээбит. Бу иннинэ мусукаан оҕолор Судаарыстыбаннай академическай капеллаҕа, ортопедия уонна травматология үнүстүүтүн кырачаан пациеннарыгар, «Зазеркалье» тыйаатырга кэнсиэртээн истээччилэр биһирэбиллэрин ылбыттар.
- Тохсунньу 22 — Боливия бэрэсидьиэнинэн Эво Моралес буолбут. Кини Соҕуруу Америкаҕа бастакы олохтоох индеец бэрэсидьиэн.
- Саха сирин дьахталларын V спартакиадата буолбут. 22 улуустан 600 спортсмен кыттыбыт.
- Бүлүү куоратыгар Гаврил Чиряев аатынан оскуола саҥа дьиэтэ аһыллыбыт.
- Өрөспүүбүлүкэҕэ Амма Аччыгыйын 100 сааһын бэлиэтээбиттэр.
- Росавтодор "Халыма" суолу тутуу уонна сөргүтүү программатын бигэргэппит: онно Дьокуускайтан Магадааҥҥа диэри "сквозной проезд" 2008 тохсунньу 1 к. диэри оҥоһуллуохтаах дэммит.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 17 — "Этигэн хомус" муусука бириэмийэтэ сэттистээн туттарыллыбыт. Уһулуччулаах толорооччу номинацияҕа Саина кыайбыт, эр дьоҥҥо Анатолий Бурнашев буолбут.
- Олунньу 23 — Саха тыйаатырыгар олоҥхо презентацията буолбут.
- Олунньу 26 — Кыһыҥҥы XX Олимпиада Туриҥҥа түмүктэммит.
- Олунньу 27 — Саха сирин дьахталларын XII сийиэһэ саҕаламмыт. 500 дэлэгээт кыттыбыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ 500-тэн тахса дьахтар тэрилтэтэ баар, 332 нэһилиэккэ женсовет баар диэн буолбут, 138 дьахтар түмсүүтэ (кулууба) баар эбит.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар - СӨ муниципальнай тэриллиилэрин бастакы сийиэһэ буолбут. 579 дэлэгээт кыттыбыт. Муниципальнай тэриллиилэр Сүбэлэрэ талыллыбыт, Устаап бигэргэтиллибит, Сүбэ салайааччытынан Мииринэй баһылыга Анатолий Попов буолбут.
- Кулун тутар 3 — Саха сирин дьахталларын XII сийиэһэ: пленарнай мунньах. Сийиэс сабыллыбыт. СӨ Дьоруой ийэтэ ытык ааты иҥэрэр туһунан быһаарыныы ылыныллыбыт. Саха сирин олохтоохторугар туһаайыы ылыныллыбыт.
- Кулун тутар 5 — Ханты-Мансийскайга буолбут буоксаҕа Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр 51 киилэҕэ Георгий Балакшин чөмпүйүөн буолбут. Афанасий Поскачин (57 кг) үрүҥ көмүс мэтээли ылбыт.
- Кулун тутар 21 — Twitter түмэт-ситим олохтоммут.
- Томскайга буолбут мунньахха Путин "Илин Сибиир - Чуумпу далай" нефтепроводу Байкаал хоту өттүнэн ыытарга дьаһайбыт.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 3 — Өрөспүүбүлүкэҕэ Ыччат Түмэнэ олохтоммут.
- Муус устар 4-6 күннэрэ — Дьокуускайга тулаайах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору үөрэтэр туһунан сэминээргэ Саха сиригэр 5,6 тыһ. тулаайах оҕо баара, онтон 4575 оҕото (82%) дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэллэрэ этиллибит. Оҕо дьилэригэр, интэринээт-оскуолаларга уонна ыал оҕо дьиэлэригэр 1028 оҕо иитиллэр эбит.
- Муус устар 6 — Эбээннэр II сийиэстэригэр Арассыыйа эбээннэрин сойууһа тэриллибит.
- Муус устар 7 — Дьокуускайга Канаадаттан 30 бизону аҕалбыттар. "Өлүөнэ турууктара" пааркаҕа Буотама алын тардыытыгар ыыппыттар.
- Муус устар 12 — Дьокуускайга РФ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Алексей Гордеев кэлбит, атах оҥоруутун кытта билсибит, быраабыыталыстыба чилиэннэрин уонна Ил Түмэн дьокутааттарын кытта көрсүспүт. Сарсыныгар Уһук Илиҥҥэ полпред Камиль Исхаковтыын уонна хас да күбүрүнээтэри кытта Томторго көппүттэр.
- Муус устар 15—16 күннэрэ — Красноярскайга мас-рестлиҥҥэ Арассыыйа II чөмпүйэнээтэ буолбут. 151 спортсмен кыттыбыт. Онтон эр дьоно 109, дьахтара 42.
- Муус устар 16 — СӨ бокса федерациятын отчуоттуур-быыбардыыр мунньаҕар федерацияны бырабыыталыстыба бэрэстээтэлэ Егор Борисов баһылаабыт.
- Муус устар 16 — Усть-Ордынскай Бурятскай автономнай уокуругу Иркутскай уобалаһыгар холбуурга референдум ыытыллыбыта.
- Муус устар 21 — Алдан өрүһү туоруур 497 м усталаах тимир суол муостата үлэҕэ киирбит.
- Муус устар 21 — СГУ филолог устудьуона Полина Протодьяконова "Мисс Виртуальная Якутия-2006" титулу ылбыт.
- Муус устар 25 — СӨ Төрүт сокуонугар бэрэсидьиэн туһунан ыстатыйаларга кэккэ уларытыылар киллэриллибиттэр.
- Муус устар 26 — ВСТО Байкаалы эргийэ барарын туһунан быһаарыыны дойду бэрэсидьиэнэ В. Путин ылыныммыт, турба Талакааҥҥа чугаһаан биэрбит.
- Муус устар 26 — Үөһээ Бүлүү улууһун былааҕа бигэргэммит.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ыам ыйа - "СӨ судаарыстыбаннай былааһын уорганнара Муниципальнай тэриллиилэр Сүбэлэрин кытта алтыһыыларын туһунан" сокуон ылыныллыбыт.
- Ыам ыйын 12 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ «Олоҥхо уон сылын бэлэмниир уонна уонна ыытар туһунан» дьаһал таһаарбыт.
- Ыам ыйын 23 — DETSAT диэн айар бөлөх сүрэхтэниитэ Саха тыйаатырыгар буолбут. Көр-күлүү шоутуттан саҕалаан кэлин киинэни устар устуудьуйа буолбуттара.
- Ыам ыйын 28 — Баку-Тбилиси-Чэйхан ниэп турбата Чэйхаҥҥа (Туурсуйа) тиийбит.
- Ыам ыйын 29 — "Илин Сибиир - Чуумпу далай" нефтепровод тутуутун декларацията презентацияламмыт, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Дьокуускай куораттарга уопсастыбаннай истиилэр тэриллибиттэр.
- сайын - ЮНЕСКО ген дириэктэрэ Коитиро Маццуура кэлэ сылдьыбыт, Көс оскуола уонна Сэлии аан дойдутааҕы түмэлэ көрдөрүллүбүттэр.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 2 — "Бэлэм буол!" оҕо хаһыатын 70 сылын бэлиэтээбиттэр
- Бэс ыйын 3 — Сербия уонна Черногория сойууһа Черногория тутулуга суох барыытынан суох буолбут.
От ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]От ыйын 1—4 — Сунтаарга Өрөспүүбүлүкэ норуоттарын IV спортивнай оонньуулара уонна Олоҥхо ыһыаҕа буолбут. Уһук Илиҥҥэ полпред К. Исхаков, самбо аан дойдутааҕы федерациятын бэрэсидьиэнэ М. Тихомиров ыалдьыттаабыттар. Оонньууларга 34 улуустан уонна коруаттан 770 спортсмен кыттыбыт. Чэпчэки атлетикаҕа, көҥүл тустууга, волейболга, остуол тенниһигэр, мини-фуьболга, саха ыстаҥатыгар, хапсаҕайга уонна мас тардыһыытыгар күрэхтэһиилэр буолбуттар. 5 тыһыынчаттан тахса ыалдьыт Сунтаарга тиийэ сылдьыбыт. Мэҥэ хаҥаластан Юрий Гаврильев үс өрөспүүбүлүкэ рекордун олохтообут: кылыыга, троеборьеҕа, уонна тройной ойууга. Маны таһынан ат сүүрдүүтэ буолбут. Хамаанданан Дьокуускай куорат бастаабыт, мэҥэлэр иккис буолбуттар, Мииринэй хамаандата - үһүс. Хоту улуустарга Үөһээ Дьааҥы хамаандата бастаабыт, онтон Орто Халыма уонна Өлөөн буолбуттар.
Балаҕан ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Балаҕан ыйыа - СӨ талар тиһигэ аныгы усулуобуйаҕа диэн кэмпириэнсийэннэн Саха сиригэр избирком тэриллибитэ 80 сылын бэлиэтээһин саҕаламмыт.
- Балаҕан ыйын 4-7 - Дьокуускайга Сылгы иитиигэ Бастакы аан дойду кэнгириэһэ: Япония, Франция, Монголия, Казахстан, Узбекистан, Алтаай өрөспүүбүлүкэтэ, Башкортостаан, Татарстаан, Бүрээтийэ, Хакасия, Удмуртия кыттыбыттар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 130 тыһ. төбө сылгы баара этиллибит.
- Балаҕан ыйын 14-23 к. Харбин уонна Пекин куораттарга Кытайга Арассыыйа сылын иһинэн СӨ күннэрэ ыытыллыбыттар.
- Балаҕан ыйын 28 — Саха Национальнай уус-уран музейыгар Нуучча музейа (Санкт-Петербург) «Три века русского искусства» диэн бэйэтин быыстапкатын арыйбыт. Быыстапкаҕа сыл бүтүөр дылы нуучча ойуулуур искусствотын XVIII — ХХ үйэлэрин 65 шедевра көрдөрүллүбүттэр.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 2 — 2942 №-дээх «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Кыһыл кинигэтин туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин Ыйааҕа тахсыбыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Кыһыл кинигэтигэр барыта 367 үүнээйи уонна тэллэй (337 тымырдаахтар, 13 муох, 7 лабыкта, 10 тэллэй); 112 харамай (16 үөн-көйүүр, 6 балык, 3 уу-хонуу харамайдара, 2 сыылааччылар, 68 көтөр, 17 үүтүнэн иитээччилэр) көрүҥнэрэ киирбиттэр.
- Алтынньы 4 — Исландияҕа WikiLeaks ситим-сир баар буолбут. Кэлин бу саайт туспа барыһы киллэриммэт тэрилтэҕэ кубулуйбута, элбэх кистэлэҥ докумуоннары бэчээттээн аан дойдуга элбэх айдааны таһаарбыта.
- Алтынньы 9
- Хотугу Кэриэйэ бастакытын ядернай сэрии сэбин холоон көрбүт. Туох баар тутаах дойдулар, НАТО, Евросоюз бары бу холоон көрүүнү сэмэлээбиттэр.
- Google хампаанньа YouTube видеосервиһи 1,65 миллиард долларга атыылаһарын туһунан биллэрбит.
- Алтынньы 9-26 күннэригэр Дьокуускайга норуоттар ардыларынааҕы уонна нуучча дуобатыгар Аан дойду чөмпүйүөннэрин сыбаанньатын иһин маатч буолбут.
- Алтынньы 22 — Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ «Дьахтар — Арктика үлэһитэ» диэн экспозиция саҕаламмыт.
- Алтынньы 28 — Дьокуускайга Арассыыйа Социалистыы биир баартыйатын (СЕПР) регионнааҕы салаатын учредительнай кэмпириэнсийэтэ буолбут. Олохтоох политсовекка Арассыыйаҕа биллэр спортсменнар Петр Юмшанов уонна Целестин Цюхцинскай киирбиттэр. Политсовет бэрэстээтэлинэн Бриллианы кырыылааччылар ассоциацияларын дириэктэрэ Арсентий Давыдов буолбут.
- Алтынньы 30 — «Тулун — Братскай — Уус-Кут — Дьокуускай» массыына суола федерация бас билиитигэр бэриллэрин туһунан Госдуума дьокутаата Виталий Шуба Братскай куоракка биллэрбит. Бу быһаарыныы Саха Өрөспүүбүлүкэтэ «Алроса» акцияларын бакыатын федерация бас билиитигэр биэрбитин түмүгэр, дохуота аҕыйаан өрөспүүбүлүкэ бу суолу кыайан үбүлээбэт буолбутуттан сиэттэрэн ылыныллынна, — диэбит Виталий Шуба.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 1 — РФ бэрэсидьиэнэ Путин "Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатыгар киирбитэ 375 сылын бэлиэтиир туһунан" ыйаах таһаарбыт
- Сэтинньи — К. Исхаков ыыппыт мунньаҕар солбуйааччыта О. Антосенко Беркакит - Томмот - Дьокуускай тимир суолун Өлүөнэни туоруур күргэлээх тутар туһунан тыл эппит.
- Сэтинньи 13 — Бүлүү улууһун Кыһыл Сыырыгар гаас Саха сиригэр промышленнай хабааннаахтык туттуллубута 50 сылын уонна бөһүөлэк төрүттэммитэ 45 сылын бэлиэтээбиттэр.
- Сэтинньи 27 — Канаада түмэнэ Квебек наассыйатын билиммит. Канаада бу арҕаа эрэгийиэнигэр былыр Францияттан көспүт дьон сыдьааннара олороллор.
- Сэтинньи 27 — СӨ Идэлээх сойуустарын 85 сылларын бэлиэтээһин саҕаламмыт: кинигэ уонна хаартыска быыстапкалара ыытыллыбыттар, кыраайы үөрэтэр түмэлгэ аналлаах экспозиция үлэлээбит. Регионнар ыккардыларынааҕы НПК ыытыллыбыт.
- Сэтинньи 28 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Вячеслав Штырову салгыы иккис болдьоҕор өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнинэн аныырга Ил Түмэҥҥэ этии киллэрбит. Ил Түмэн бигэргэппит.
- Сэтинньи 29 — СӨ Идэлээх сойуустарын 85 сыллара: ыччат идэлээх сойуустарга үлэтигэр анаммыт
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы — Төмтөөн өрүскэ ГЭС-тэр каскаадтара тутуллуохтааҕын туһунан декларцияны СӨ бырабыыталыстыбата таһаарбыт
- Ахсынньы 1 — СӨ Идэлээх сойуустарын 85 сыллара: Бэрэсидьиэн Штырову кытта көрсүһүү
- Ахсынньы 7 — Ил Түмэн Вячеслав Штырову иккис болдьоххо бэрэсидьиэнниирин өйөөбүт. Бу солоҕо 2010 сыл ыам ыйын 31 күнүгэр эмискэ "бэйэтин баҕатынан" уурайыар диэри олорбута. 2002 сыллахха тохсунньу 13 күнүгэр талыллыаҕыттан икки болдьоххо уопсайа аҕыс сыл үлэлээбитэ. Тохсунньу 27 к (2007) дуоһунаска киирии сиэрэ-туома ыытыллыбыт.
- Ахсынньы 30 — Ираак урукку бэрэсидьиэнэ Саддам Хусейн өлөрүллүбүт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Атырдьах ыйын 16 — Варламова Анастасия Николаевна (23.03.1948—16.08.2006) — саха биллиилээх ырыаһыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.
- Атырдьах ыйын 30 — Нагиб Махфуз, Эгипет суруйааччыта
- Сэтинньи 4 — Алитет Немтушкин (1929 төр.), Иркутскай уобаластан төрүттээх Красноярскай кыраай Туру бөһүөлэгэр олорбут эбэҥки суруйааччыта, бэйиэт. Эбэҥки араадьыйатын эрэдээктэрэ.
- Сэтинньи 16 — Милтон Фридман, АХШ экономиhа
- ↑ сост. В.С. Доллонов, А.И. Лукинов, И.А. Спиридонова Республика Саха: год 2006. — Якутск: Бичик, 2007. — С. 5-68. — 224 с. — 5000 экз. — ISBN 978-57696-2652-4