Иһинээҕитигэр көс

Этимология

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Этимология — грек тыла, тылбааһа «ис дьиҥ, тыл сүрүн суолтата» уо.д.а. тылтан тылбаастаатахха «тыл, үөрэх, анаарыы» — тыл үөскээбит төрдүн үөрэтэр лингвистика салаата (үксүгэр морфеманы) буолар. Ону тэҥэ тыл үөскээбит төрүтүн быһаарарга туттуллар чинчийии ньымата. Этимология диэн өйдөбүлгэ өссө тыл үөскээбит дьиҥнээх төрдүн үөрэтиини, билиини өйдүүбүт. Холобур, тэтэрээт диэн тыл үөскээбит төрдө грек омук тыла. Ону кытта этимологияҕа тыл дьиҥ үөскээбит олоҕо өйдөнөр.(Холобур, тэтэрээт греческай этимологиялаах, итэҕэтиилээх этимологиятын эт, о.э. үөскээбит версиятын — быһаччы этимон).

«Этимология» тиэрминэ былыргы философ-стоиктар ортолоругар үөскээбит уонна Диоген Лаэртскай кэнники туоһулааһынынан, Хрисиппка (б.э.и.281/278—208/205) суруллар. XIX үйэҕэ диэри языкознаниеҕа «этимология» тиэрминэ «грамматика» диэн тыл суолтатыгар тутуллуон сөбө. Былыргыларга бастакы суолтата- дьиҥ туһунан үөрэх. (см. Исидор Севильский (ок. 560—636) — энциклопедия «Этимологии» en:Etymologiae). Этимология наука иннинээҕи этаба кэпсииринэн, Былыргы Грецияҕа өссө ἐτυμολογία.тиэрмин үөскүү илигинэ, тыл үөскээбит төрүтүн билии боппуруостара көтөҕүллүбүттэрэ. Предмет аата төһө үчүгэйдик ис дьиҥин сырдатарын Гераклит Эфесский (544—483 гг. до н. э.) анаарбыта. Кэлин Платон (428/427—348/347 до н. э.) «Кратил» кэпсэтиитигэр (диалогар) (др.-греч. Κρατύλος) айылҕаттан аата хайдаҕын: айылҕатын аатынан ааттанарын дуу эбэтэр киһи аат таларын дуу анаарбыта. Кини этимологияҕа көрүүлэрэ, сабаҕалааһыннара төһө да кэнэн курдугун иһин, XVIII—XIX үйэлэр лингвистэрин үгүс идиэйэлэрэ сэҥээриини ылбыттара. Античноска этимология грамматика сорҕотун быһыытынан көрүллэрэ, онон грамматистар дьарыктаналлара. Оччотооҕуга бэйэтин кэмин тылын устуоруйатын чинчийбит киһинэн Рим тылын грамматиһа Варрон (биһиги эрабыт иннинэ 116—27сс.) буолар. Кини этимологияны (лат. etymologus) наука быһыытынан «тоҕо уонна туохтан тыл үөскүүр» боппуруоһун туруорбута. Холобур, lūna «луна» (ый) диэн латинскай тыл суолтатын чаастарынан арааран маннык быһаарбыта. Тыл бастакы сүһүөҕэ чааһа lū- (Варрон этэринэн lūceō «светить») туохтууртан, онтон иккис сүһүөҕэ -na (лат. nox тылыттан «ночь» түүн суолталаах [4]. Төһө да тыл уопсай научнай методологиятын быһаарыыта суоҕун да иһин, Варрон лексика устуоруйатын сайдыытыгар дорҕоон уларыйыытын тыл үөскүүр сокуонугар чугаһатан сөпкө ыйбыт. Орто үйэлэргэ методология чинчийиитигэр саҥаны арыйыы суоҕа. Орто үйэлэргэ этимология чаҕылхай киһитинэн вестготскай Испания архиепискоба Севильи, бүтэһик латинскай Церковь аҕата уонна орто үйэлэр энциклопедизмнарын төрүттээччи, «Этимологиялар» (лат. Etymologiae libri viginti) диэн үлэ автора Исидор Севильский (560—636 н. э.) буолаллар. Бу үлэтигэр Исидор Севильский этимологияҕа мал-сал суолтатын быһаараары кэлэр. Туспа тыллар этимологияларын схоластар быһаарарга холонуулара олоҕо суох уонна кэнэн этилэр. Доминика сибэтиэй органын чилиэннэрэ-Доминиканецтар — (лат. Dominicus) — бэйэлэрин орденнарын аатын этимологиялаабыттара dominicāni, «танара ыттара» диэн тылбаастаабыттара (лат. domini canes). Тэҥниир-историческай ньыма үөскүөн иннинэ Россияҕа да Европаҕа да этимология олох фантастическай характердааҕа. XVIII ү. нуучча поэта уонна филолога В. К. Тредиаковскай (1703—1769) ааҕарынан, Норвегия диэн дойду наверхия диэн тыл уларытыллыбыт формата, тоҕо диэтэххэ, географическай карта үөһэ өртүгэр сытар, Италия диэн тыл аата удалия диэн тылга маарынныыр, тоҕо диэтэххэ, бу дойду Россияттан тэйиччи сытар. Маннык үөрэхтэн Вольтер (1694—1778) этэринэн, «этимология — наука быһыытынан, аһаҕас дорҕооннор туох да, бүтэй дорҕооннор олох суолтата суохтар».

Научнай этимология Тэҥниир-историческай ньыма этимология инструменын быһыытынан хас да ньыма холбоһуутунан тыллар аймахтыы буолалларын дакаастыыр уонна тыл түҥ былыргы историятын фонетика уонна грамматика (кыра степенигэр) тэҥнэбилигэр олоҕуран булар ньыма буолбута. XVIII саҕаланыытыгар XIX сс. бүтэһиктэригэр Уильям Джонсон (1746—1794) былыргы индий тылын санскриты булуутунан уонна наука эйгэтигэр Индияттан Европаҕа диэри элбэх тыл аймахтыыларын бигэргэтиитинэн үөскээбитэ. Аймахтыы тыллар, славянскай, германскай, италийскай (аныгы романскай), кельтскай, индоиранскай уонна атын тыллар индоевропейскай, онтон биир төрүт тыл — приндоевропейскай диэн ааттаммыта. Санскрит арыллыбыта үйэ чиэппэрэ буолбутун кэннэ ньиэмэс учуонайа Франц Бопп (1791—1867) индоевропеймкай тыл аймахтыыларын олохтуур кинигэни суруйбута. Расмус Раск (1787—1832) уонна Якоб Гримм (1785—1863) ньиэмэя языкознаниетын фундаменын олохтообуттара. Август Фридрих Потт (1802—1867) индоевропейскай тыллар фонетикалара сөп түбэһиилэрин таблицаларын онорбута. Ньиэмэс төрүттээх нуучча тылын филолога Александр Христофорович Востоков (1781—1864) славянскай тылларга суолталаах арыйыылары оҥорбута[8]. Ньиэмэс учуонайа Август Шлейхер индоевропейскай тылларга сравнительнай (тэҥнээн ырытар) грамматиканы оҥоруунан дьарыктанара. Кини ааҕарынан индоевропейскай норуоттар төһөнөн дойдуларыттан (Орто Азияттан) ыраатан иһэллэр да, тыллара соччонон сымсаан, уларыйан иһэрин бэлиэтиир. Шлейхер суруйбут «Овца уонна аттар» үгэтигэр былыргы индоевропейскай тыл уларыйбыта санкритка маарынныыр. Төһө да сыыһалардааҕын үрдүнэн Шлейхер үлэлэрэ языкознание уонна этимология сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбиттэрэ. «Тыл маһа» диэн кини идеята. Ити идея баар буолан, литовскай тылга эрдэ болҕомто уурбуттара. Ол матырыйаал билиҥҥэ диэри этимологторынан туттулла сылдьар (ордук славянскай тылы туһанааччыларынан). 19 үйэ бүтүүтүгэр 20 үйэ саҕаланыытыгар младограмматика принциптэрэ бигэргэтиллибиттэрэ. Ол слеулнугар олоҕуран тыл уларыйыытын төрдөгэр фонетическай уларыйыылар сыталлар, онтон туоратыы суох. Младограмматизм биллэр автордара: Карл Бругман (1849—1919), Герман Остхоф (1847—1909), Бертольд Дельбрюк (1842—1922), Август Лескин (1840—1916), Герман Пауль (1846—1921), Вильгельм Мейер-Любке (1861—1936), Филипп Фёдорович Фортунатов (1848—1914) уо.д.а. Этимология саҥа этаба диалектология уонна лингвистическай география ситиһиилэрин кытта сибээстээх. Онно бэйэтин кылаатын француз учуонайа Жюль Жилерон(1854—1926) киллэрбитэ. Манна кырата суох оруолу лексика семантическай хонуулара уларыйыыларын чинчийии уонна анализ, семантика уонна сирдээҕи олох малын кытта семантика сибээһин үөрэтии ылбыттара. Развитие в XXүйэҕэ этимология чинчийиитигэр структурнай принциптэри туттуунан сайдыы киирбитэ бэлиэтэнэр. Эмиль Бенвенист (1902—1976), Виктор Владимирович Мартынов (1924—2013) уонна Александр Саввич Мельничук (1921—1997) тутуһаллара. Кинилэр күүстэринэн бөлөҕүнэн лексемэ аналиһа үөрэтиллэн уонна туттуллан барбыта — семантическай, корневой, аффиксаль¬най лексико-грамматическай уо.д.а. Фонетическай сокуоннар баһыйыыларын туһунан младограмматиктар кытаанах тезистэрэ уһун кэмҥэ тутуһуллубута, ол гынан чехословацкай этимологическай оскуола бэрэстэбиитэлэ Вацлав Махек (1894—1965 сс.) көтүтүүтэ суох фонетическай сөп түбэсиһиилэртэн ураты көтүтүүлээх фонетическай сөп түбэсиһиилэр баалларын көрдөрө сатаабыта, ону фонетическай сокуоннар тастарынан, тыл тус олоҕун уратытыгар олоҕуран көрдүөххэ наадатын ыйбыта. Освальд Семереньи (1913—1996 сс.), Яков Львович Малкиель (1914—1998) и Олег Николаевич Трубачёв (1930—2002 сс.), фонетика сокуоннара сүрүн оруолу ылалларын ыйаллара.

ХХ үйэ иккис аҥара этимология наукатыгар үтүө этэ, ол чинчийиилэр кэҥээһиннэрин, саҥа ньымалары, матырыйааллары билиини, үгүс ахсааннаах этимология тылдьытын бэлэмнээһини кытта сибээстээҕэ. Славянскай тыллар этимо¬ло-ги¬че¬скай тылдьыттарын бэлэмнээһин, ону оҥорууга улахан болҕомто праславянскай лексическэй фонда реконструкциятыгар ууруллуута (Ф. Славский, О. Н. Трубачёв), праславянскай тыл толору лексигология уонна лексикография үөскээһинин төрүтэ буолбута.

Этимология предметэ — тыл фондатын оҥоруу, источниктары үөрэтии, ону кытта түҥ былыргы тыл састаабын уларытыы. Тыл историческай моделларынан бэйэтин кэмигэр уларыйар, онно тыл ис киэбэ күлүктэнэр. Этимолог, аймахтыы тыллар матырыйаалларыгар олоҕуран бу киэби булауохтаах уонна хайдах маннык аныгы көрүҥү ылбытын быһаарыахтаах. Этимология чинчийэр комплекснай ньымалааҕынан характеристикаланар. Тыл (эбэтэр тыл олоҕо) этимологиятын буларга аймахтыы тылларын кытта тэҥнэниллэр уонна биир олох тыл булуллар, кэнники кэмнэ уларытыллыбыт историческай дьапталҕата уһуллар, оччоҕо ис силиһэ уонна суолтата тахсыахтаах.

Туһаныллыбыт литература

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Введенская Л. А., Колесников Н. П. Этимология: Учебное пособие. — СПб.: Питер, 2004. — 221 с.
  • Виноградов В. В. История слов. — М.: Институт русского языка им. В. В. Виноградова, 1999. — 1138 с. — 3000 экз. — ISBN 5-88744-033-3, 5-89285-026-9.
  • Григоревский М. Х. Состояние и задачи греческой этимологии по Курциусу// Филологические записки, Воронеж, 1868.
  • Этимологический словарь якутского языка = Саха тылын этимологическай тылдьыта / Г. В. Попов; Отв. ред. П. А. Слепцов; Акад. наук. / Новосибирск : Наука, 2003- (Наука РАН).
  • Этимология / Трубачёв О. Н. // Большая советская энциклопедия : [в 30 т.] / гл. ред. А. М. Прохоров. — 3-е изд. — М. : Советская энциклопедия, 1969—1978.
  • Этимология // Энциклопедический словарь Брокгауза и Ефрона : в 86 т. (82 т. и 4 доп.). — СПб., 1890—1907.