Иһинээҕитигэр көс

Доҕордуулар (сериал)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Доҕордуулар

Доҕордуулар сериал логота
Жанра Ситком
Оҥорооччу David Crane
Marta Kauffman
Оруолларга Jennifer Aniston
Courteney Cox
Lisa Kudrow
Matt LeBlanc
Matthew Perry
David Schwimmer
Опениҥ темата "I'll Be There for You"
Дойдута АХШ
Сезоннарын ахсаана 10
Эпизодтарын ахсаана 236
Оҥоруу
Сир(дэрэ)э Burbank, California
Cериятын уhуна 20–22 мүнүүтэ (эпизод)
Компания Bright/Kauffman/Crane Productions
Warner Bros. Television
Көрдөрүү
Ханаал NBC
Көрдөрүүтэ Балаҕан ыйын 22, 1994 – Ыам ыйын 6, 2004
Тас сигэлэр
Официал ситим сир

«Доҕордуулар» (ааҥл. Friends) диэн АХШга популярнай комедия сериала (ситком), алта доҕордор тустарынан көрдөрөр. Бу сериал 1990-с сыллар биир улахан бырайыагынан буолбут. [1] Ону тэҥэ араас бэлэхтэри ылбыт, ол иһигэр «Эмми».

«Доҕордуулар» сериалы (бастакы аата «Биhиги курдук доҕордуулар», ааҥл. Friends Like Us) «Брайт/Кауффман/Крэйн продакшэнс» хампааньа (ааҥл. Bright/Kauffman/Crane Productions) уонна Warner Bros. Television студията кыттан бииргэ оҥорбуттар. Бастаан АХШ NBC телеканалынан 1994 сыл балаҕан ыйын 22 күнүттэн 2004 сыл ыам ыйын 6 күнүгэр дылы көрдөрүллүбүт. Тиhэх серията атын телесериаллар тиhэх серияларын кытта тэҥнээтэххэ рейтиҥынан төрдүс миэстэни ылбыт - быhа эфирга 52,5 мөлүйүон киһи көрбүт.[2].

Сериал Нью Йорк Манхэттэн оройуонугар олорор алта доҕордор тустарынан көрдөрөр: "атаах" Рэйчел Грин (Дьэннифэр Энистон оонньуур), ырааһы көрөр асчыт - Моника Гэллер (Кортни Кокс оонньуур), комплекстыы сылдьар офис үлэһитэ - Чендлер Бинг (Мэтью Перри оонньуур), аһы уонна сексы таптыыр Дьо Триббиани (Мэтт Ле Блан оонньуур), арахсыспыт палеонтолог Росс Гэллер (Дэвид Швиммер оонньуур) уонна хиппи массажчыта Фиби Буффэ (Лиза Кудроу оонньуур).

Уон сыл устата сериал араас элбэх бэлэхтэри туппута::

  • 2003 — Комедия сериалыгар бастыҥ ыҥырыллыбыт актриса — Кристина Эпплгейт
  • 2002 — Бастыҥ комедия сериала
  • 2002 — Комедия сериалын бастыҥ актрисата — Дьэннифэр Энистон
  • 2000 — Комедия сериалыгар бастыҥ ыҥырыллыбыт актер — Брюс Уиллис
  • 1998 — Комедия сериалыгар бастыҥ актрисата — Лиза Кудроу
  • 1996 — Комедия сериалыгар бастыҥ режиссер үлэтэ — Михаэль Лембек («Суперкубок кэнниттэн» эпизодыгар)
  • 2003 — Сериалга, мюзиклга уонна комедияҕа бастыҥ актриса — Дьэннифэр Энистон
  1. Программа «The 101 reasons the '90s ruled» (телеканал MTV)
  2. List of most-watched television episodes (ааҥл.)