Боруллуо
Тас көрүҥэ
Боруллуо эбэтэр ала тойон, (лат. Haliaeetus albicilla, нууч. орлан-белохвост) — Кыырдар кэргэннэригэр (Accipitridae) киирэр бөдөҥ тыҥырахтаах көтөр.
Этин-сиинин устата 70 - 90 см, кынаттарын далааһына — 200 - 230 см, ыйааһына — 4 - 7 киилэ. Кутуруга кылгас, үрүҥ өҥнөөх. Тумса атын тыҥырахтаах көтөрдөртөн бөдөҥ, сырдык араҕас өҥнөөх.
Евразия хоту өттүгэр уонна орто балаһатыгар, ол иһигэр Саха сиригэр, уйаланар. Кыстыыр сирдэрэ: Кэриэй тумул арыыта, Кытай, Япония, Индия.
2013 сылы Арассыыйа көтөрдөрү көмүскүүр Сойууһа Боруллуо сылынан биллэрбитэ Архыыптаммыт 2013, Атырдьах ыйын 5 күнүгэр..