Аргунова Любовь Семеновна
Аргунова Любовь Семеновна
Олоҕун олуктара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Муус устар 1 күнүгэр Төҥүлүгэ төрөөбүтэ. 1949 с. Дьааҥы оройуонун Табалааҕар оскуолаҕа үөрэнэ киирэр. 1960 с. Төҥүлү орто оскуолатын бүтэрээт, педагогическай үлэтин саҕалаабыта. 1967 с. Саха Судаарыстыбыннай үнүбүрсүтүөтүн филологическай бакылтыатын үөрэнэн бүтэрээт, Хаптаҕайга нуучча тылын учууталынан ананар. 1970 с. Төҥүлүгэ кылаас таһынан үлэни тэрийээччинэн үлэлиир. 1980-83 сс. райно инспиэктэрэ. 1983-93 сс. Дьокуускайдааҕы тыллара ситэри сайдыбатах оҕолор оскуолаларыгар дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта. 1993 с. дьиэ кэргэн педагогикатынан дьарыктанар.
Айар үлэтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]«Мин ыалга ананар суруйууларбын үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр биэнсийэҕэ тахсан баран, “Олох ситимнэрэ” диэн ийэбэр анаммыт ыстатыйаттан саҕалаабытым» (Л.С.Аргунова) Кини “Ыал култууратын киинин тэрийээччи” бырайыак ааптара. 2003 с. “В. С. Яковлев – Далан “Тыгын Дархан” романа оҕо иитиитигэр”, 2004 с. “Айылҕа – дьоһун педагог”, 2005 с. “Эдэр ыалга сүбэлэр”, 2007, 2015 сс. “Искусство быть родителем”, “Ыал дьонун араҥаччылаан”, 2018 с. “Киһи, ыал, удьуор утума”, “Оҕо сааһы одуулуубун” уо.д.а. кинигэлэри суруйбута.
Наҕараадалара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]ССРС, Норуот, СӨ үөрэҕириилэрин уонна Саха сиринээҕи уопсастыбаннай инициативатын туйгуна. Учууталлар учууталлара, Саха сиринээҕи норуот педагогикатын ассоциациятын чилиэнэ, Арассыыйа уонна Саха сирин суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, педагогичекай үлэ бочуоттаах бэтэрээнэ, Дьиэ кэргэн педагога, социальнай эколог, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ 10-тан тахса кинигэ ааптара. Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Саха сирин үөрэҕириитин ситимин бочуоттаах Попечителя, “Гражданскай килбиэн”, “Мэҥэ ааттар” бэлиэлэрин хаһаайына.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
- Бикипиэдьийэ:Категорията суох ыстатыйалар
- Бикипиэдьийэ:Ойуута суох ыстатыйалар
- Бикипиэдьийэ:Биикилэниэхтээх ыстатыйалар
- Бикипиэдьийэ:Истиилэ көннөрүллүөхтээх ыстатыйалар
- Бикипиэдьийэ:Итэҕэтиилээх источниктара ыйыллыбатах ыстатыйалар
- Бикипиэдьийэ:Наһаа кылгас ыстатыйалар
- Тыл сөпкө суруллуута, сыыһалара тургутуллуохтаах ыстатыйалар
- Дьон алпаабытынан