Манаас
Манаас (кырг. Манас) — кыргыыстар муҥутуур чыпчаал эпостара уонна ол эпоска кэпсэнэр, кыргыыстары түмпүт баатыр аата. Манас ЮНЕСКО киһи-аймах материальнайа суох баайын-дуолун тиһигэр киирбитэ уонна Гиннес муҥутуур ситиһиилэрин кинигэтигэр саамай улахан кээмэйдээх эпос быһыытынан эмиэ бэлиэтэммитэ.
Түһүмэхтэрэ уонна этээччилэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Эпос 3 түһүмэхтээх: "Манаас", "Сэмэтэй", "Сэйтэк". Эпос ис хоһоонунан Манаас хорсун быһыылара буолаллар.
Саҕымбай Орозбаков (1867—1930) и Саякбай Каралаев (1911—1971) барыйааннара ордук билэллэр. Сагымбайтан чинчийээччилэр 1920-с сыллардаахха Манаас туһунан түһүмэҕин эрэ сурунан ылбыттара (19 тыһ. кэриҥэ устуруока); Саякбайтан үс түһүмэҕэ барыта суруллубута (937 тыһ. устуруока).
Чинчийээччилэр ону таһынан Тоҕолох Молдо (1860—1942), Молдобасан Мусулманкулов (1884—1961), Шапак Рысмендеев (1858—1956), Баҕыш Сазанов (1818—1918), Ибраим Абдырахманов (1888—1960), Мамбет Чокморов (1846—1932) этэн хаалларбыт барыйааннарын суолталыыллар.
Манаас биир улахан кээмэйдээх барыйаанынан Кытайга олорбут биллиилээх этээччи Дьусуп Мамаай (1917-2014) киэнэ буолар. Кини эппит эпоһун 8 чааһа 200 тыһ. устуруокалаах уонна 18 туомунан Үрүмчүгэ (1984—2007), оттон Кыргыстааҥҥа толору кээмэйинэн тахсыбыта (2014-2018) .
Эпос үөскээбитэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Манаас туһунан аан бастаан кинини көмөллөрүгэр кыайыыларын-хотууларын хоһуйан баатыр чугас киһитэ Ыраман уола Ырчи-уул ыллаабыта диэн үһүйээн буола сылдьар. Ол кэннэ Тохтоҕул ырыаһыт Манаас туһунан араас норуот тойуктарын бииргэ холбоон ыллыыр буолбута биллэр. XIX үйэҕэ олоро сылдьыбыт атын ырыаһыттар ааттара биллэр да, кинилэр айымньылара суруллубакка хаалбыт.
Манаас айыллыбыт кэмэ чопчу биллибэт, ол эрэн биир үксүн XV-XVI үйэтээҕи кэм кэпсэнэр диэн сабаҕалыыллар. Кыргыыстар олохторугар IX үйэҕэ буолбут быһылааннар ойууланаллар диэн санаа эмиэ баар. В. М. Жирмунскай этэринэн айымньы эйгэтэ сүрүннээн XV—XVIII үйэлэргэ сөп түбэһэр, ону таһынан отой былыргы да кыбытыктар бааллар.
"Манаас" кэмэ үһүйээн буолбакка олоххо диҥнээхтии буолбут диэн санааны Е. М. Мелетинскэй тутуһар (ол Сибиир атын түүр омуктарын эпостарыттан уратыта буолар)
Бу эпос бастаан XVI үйэҕэ Маджму ат-Таварих диэн үһүйээн аҥаардаах айымньыга ахтыллар. Онно МанаасТохтамыш, Мухаммед хорезмшах уо.д.а. дьиҥнээхтии олоро сылдьыбыт дьону сэргэ ахтыллар.
Ис хоһооно
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кыргыыстар хааннара Ноҕой өлбүтүн кэннэ, кини утумнааччылара саараҥныылларын туһанан өстөөхтөрө киданнар кыргыыстар сирдэрин былдьаан, Ала-Тоо сириттэн үтүрүйэллэр. Ноҕой сыдьааннарын кый ыраах кыйдыыллар. Оттон хаалбыт кыргыыстар улахан эрэйгэ-муҥҥа тиксэллэр. Ноҕой кыра уола Дьакып Алтаайгатиийэр уонна онно баар калмактарга илии-атах буолан сылдьар. Кэлин бурдук ыһан, көмүс көрдөөһүнүгэр үлэлээн байан-тайан барар. Сааһырарын диэки хара баһаам сүөһү баайданар. Ол эрэн кэнчээри ыччат хаалларымаары гынным диэн санаата буолбат. Санаарҕан Таҥараттан аһынарыгар көрдөһөр, ытык сирдэргэ сылдьар, кэрэх кээһэр. Дьэ, ол кэннэ, дьикти түүл көстөр уонна бастакы ойоҕо хат буолар. Тоҕус ыйынан уолланаллар. Аны ол күн Дьакып сылгытын үөрүгэр төрөөбүт кулуну уолугар аныыр.
Дьакып үөрүүтүттэн улахан малааһын тэрийэр, уолу Манаас диэн ааттыыллар. Уол оҕо эрдэҕиттэн уратыта биллэн барар, үөлээннэхтэриттэн быдан бөҕө-таҕа, мэник, дэлэгэй буолар. Аата-суола Алтаайтан ыраах иһиллэн барар. Алтаай калмактара бу уол туһунан Кытай Эсэн-хаан хааныгар тыллыы охсоллор. Батыгаһа суох кыргыыстар баатырданан эрэллэр, ону эрдийэ илигинэ тутан ылан суох гыныахха диэн сүбэлииллэр. Ону истэн Эсэн-хаан уолу туттараары атыыһыт буолан кубулуммут дьонун ыытар. Олор уол оонньуу сылдьарын көрөннөр тута сатыыллар, ол эрэн Манаас атастарын кытта бэйэлэрин тутан ылан, илдьэ кэлбит баайдарын-дуолларын дьоҥҥо түҥэтэн кэбиһэр.
Ол кэннэ кыргыыстары утары калмак бухатыыра Нескара улахан сэриинэн киирэр. Манаас ол сэриини чугас баар омуктары мунньан көрсөр уонна кыайыылаах тахсар. Итини көрөн, ыаллыы олорор маньчжурдар уонна калмактар көмүскэтээри бары Манаас тула түмсэллэр уонна Манааһы хаанынан талаллар.
Манаас бэйэтиттэн быдан күүстээх уйгуурдары сэриилээн кыайар. Кыргыыстар катаҕан аҕа уустарын баһылыга Кошой онуоха улахан көмө буолар. Кайыпдан диэн уйгуур биир баһылыга Кайыпдан Хара-Бөрк диэн кыыһын Манааска ойох биэрэр.
Кошой этиитин истэн Манаас өстөөхтөр былдьаабыт Ала-Тоо сирин төнүннэрэргэ сорунар. Сэрии хомунан кыайан төрүт сирин төнүннэрэр. Ол кэннэ кыргыыстар Алтаайтан араҕан өбүгэлэрин сирин булаллар. Манна кэлэн Манаас Азирет диэн хара дьүһүннээх ытык хайалар тэллэхтэригэр олохсуйар.
Кыргыыстар кыр өстөөхтөрө кытай Алооке хаана кыргыстар көһөллөрүн тохтотоору сэриилииргэ сананар. Ону истэн Манас түөрт уон боотурун ылан утары киирэр уонна кыайан Алооке ордуутун былдьаан ылар. Онтон саллан Алооке кыргыыстары кытта эйэлэһэргэ күһэллэр уонна онтун бигэргэтэн уолун Боокены кыргыыстарга биэрэр.
Ити кэмҥэ эмиэ кыргыыстар Афганистан хаанын Шоруҕу кытта утарсыылара күүһүрэр. Ону да кыайан Манаас аны Шорух кыыһын Акылайы түөрт уон энньэ кыыстаах ойох ылар.
Эпоска Алмамбет бухатыыр туһунан туспа сэһэн киирэ сылдьар. Манна кини төрүөҕүттэн Манааска кэлиэр диэри кэрчик кэм кэпсэнэр. Алмамбет аҕата Соорондук кытай улахан сэрииһитэ эбит. Өр оҕоломмокко сылдьан баран кырдьар сааһыгар уолланан хаалар. Алмамбет кыра эрдэҕиттэн "Луо үөрэҕэ" (кырг. Ажыдаардын окуусу) диэҥҥэ үөрэнэн араас билиини, абы-хомуһуну баһылыыр. Кинини кытта араас бас-көс дьон оҕолоро үөрэнэллэр, олору барыларын Алмамбет баһыйар уонна хорсун сэрииһит буолан тахсар. Мындыр толкуйунан, хорсунан, сиэрдээҕинэн аатырар. Эдэр эрдэҕинэ аҕатын солбуйан кытай сэрииитин бүттүүнүн салайар буолар. Биирдэ бултуу сырыттаҕына Көкчө хаан көрсөр уонна абын-хомуһунун быраҕан дьону кытта тэҥҥэ сылдьарыгар этэр. Дьиэтигэр кэлэн Алмамбет аймахтарын саҥа итэҕэли ылыналларыгар ыҥырар. Ону төрөппүттэрэ да, аймахтара да буолумматтар. Өбүгэлэрин итэҕэлиттэн туораан эрэр диэн аҕата Алмамбеты хаайтарар. Онтон куотан Алмамбет Көкчөҕө тиийэн саһыарарыгар көрдөһөр. Бу кэннэ Алмамбет суон сурахтаммытын сөбүлээбэккэ Көкчө бөтөстөрө кинини Көкчө ойоҕо Ах-Эрчэги кытта көрсүүлэстэ диэн сымыйа тыл тарҕаталлар. Онтон кыһыйан-абаран Алмамбет Көкчөттөн араҕар.
Ол сылдьан Манааһы бултуу сырыттаҕына көрсө түһэр. Манаас Алмамбет туһунан эрдэттэн истэ-билэ сылдьар буолан айхаллаан көрсөр, малааһын тэрийэр. Манаастаах Алмамбет ыкса атастыы буолаллар.
Манаас эрдэ Акылайы уонна Хара-Бөркү сэрии түмүгэр ойох ылбыт буолан аҕатыттан атын кыыһы кэпсэтэн ылан биэрэригэр көрдөһөр. Көрдөөн-көрдөөн Дьакып Бухара хааныгар Атемирга тиийэн кини кыыһын Санирабиганы сөбүлүү көрөн кэпсэтэн халыҥ халыымы-атыыны төлүүр. Манаас бу кыыһы туох баар сиэри тутуһан, силигин ситэрэн ойох ылар. Кыргыыстар кийииттэрин Каныкей диэн ааттыыллар, ол аата хаан ойоҕо диэн суолталаах. Аны Манаас түөрт уон бөтөһө Каныкейи кытта кэлсибит түөрт уон кыыһы ойох ылаллар. Алмамбет буоллаҕына хайа кыыларын иччитин кыыһын Аруукены ылар.
Манаас туһунан сураҕы истэн баран ыраах хоту үүрүүгэ сылдьыбыт аймахтара көһөн кэлэллэр. Бу Дьакып убайын Үсөн оҕолоро. Кинилэр туора омугу кытта олортон калмактартан ойох ылан, төрүт үгэстэрин умнубут дьон этилэр. Калмактар кинилэри Көскаманнар диэн ааттыыллара.
Бу кэмҥэ Манаас Кошого көмөҕө барар. Афганистан хаана Түлкү Кошой суоҕунан туһанан катаҕаннарга саба түһэн Кошой уолун өлөрөн кэбиһэр. Ол эрэн Түлкү инитэ Акун иирсээни тохтотор. Түлкү буруйун билинэн Кошойго толук биэрэр уонна солотун Акуҥҥа туран биэрэр. Манаастаах Акун эйэлэһэллэр уонна кыыстаах уол оҕолоннохторуна олору холбуох буолан илии охсуһаллар. Кыргыыстар Көкөтөй хааннарын (Панус күрээбитин кэннэ Ташкеҥҥа олохсуйбут) уола Бох-Мурун Түлкү кыыһа Канышайы кэргэн ыларга сананар, кэпсэтиитин ыытары Манаас Бахайга соруйар.
Манаас сырыыга сылдьар кэмигэр Көскаманнар кэлэллэр. Олору Каныкей көрсөр уонна үгэс быһыытынан олохторун тэринэллэригэр үбүнэн-аһынан көмө оҥорор. Манаас аймахтарын көрсөр малааһын тэрийэр. Сир, сүөһү-ас, мал-сал тыыран биэрэр. Ол үрдүнэн Көскаманнар иҥсэлэрэ батарбакка Манааһы утары куомуннаһаллар. Манааһы сүлүһүрдэн өлөрөн баран солотун, баайын-дуолун былдьыырга сананаллар. Көскаманнар тоҕоостоох түгэнинэн туһанан баатыры бөтөстөрүн кытта ыалдьыттата диэн ыҥыраллар. Сэрииттэн эргиллибит Манаас үөрүүнэн сөбүлэһэр. Күндүлүүр астарыгар сүлүһүн кутан биэрэллэр. Ол эрэн Манаас өрүһүнэр уонна бөтөстөрүн тыынын эмиэ быыһыыр. Көскаманнар онтон сылтаан бэйэлэрин истэригэр иирсэн кыргыһан бараллар, ол түмүгэр тыыннара быстар.
Кыргыыстар чулуу хааннара Көкөтөй кырдьан бу орто дойдуттар барар. Уолугар Бох-Муруҥҥа кэриэһин хайдах харайарын, туох сиэри-туому тутуһарын этэн хаалларар. Уонна сүбэни-аманы Манаастан көрдүүрүгэр дьаһайар. Бох-Мурун харайан баран үс сыл устата аҕатын ахтардыы-саныырдыы оҥостор. Ол тэрээһинин барытын Манаас бэйэтэ дьаһайар буолар. Хоолдьуга аһыгар ыраахтан-чугастаан киһи бөҕөтө мустар. Күрэс бөҕө тэриллэр, кыайбыт-хоппут Бох-Мурунтан күндү бэлэх тутар. Ол эрэн кыргыыстар сорох бас-көс өттүлэрэ Манаас аҥардастыы дьаһайарын сөбүлээбэттэр. Сүбэлэһэн баран онтуларын аһаҕастык биллэрэргэ быһаарыналлар. Инньэ гынан баран Кошой олору алы гынан тохтотолуур. Туора дьон-сэргэ, ол иһигэр кыргыыстарга өс санаалаахтар да баалларына Манааһы уодьуганныах буолан айдааны таһаарбаттарыгар көрдөһөр.
Биир сыл буолан баран бу дьон син биир Манааһы туоратар санаалаах бараары гыналлар уонна Кошойтон кинилэри баһылаан илдьэригэр көрдөһөллөр. Кошой сааһырбытым бэрт диэн көрдөһүүлэрин батынар. Онуоха Манааска илдьит ыыталлар, кыргыыстар бас-көс дьоно бары ыалдьыттыы баран эрэллэр диэн. Кинилэр толкуйдарынан бөлөҕүнэн тиийэн олорон Манаас ыалдьыттары көрсөр сиэри-туому толороругар тугу эмэ сыыһа туттан кэбистэҕинэ онтон иирсээни тардан хаан солотуттан устунарыгар күһэйиэхтээхтэрэ. Манаас ыалдьыттары киһилиин-сүөһүлүүн көрсөргө бэлэмин этэр. Кэлбит дьону түөрт уон бөтөс көрсөн бэйэлэрин дьиэлэригэр-уоттарыгар түһэрэллэр. Манаас дьоно бары биир сомоҕо буолан сылдьалларын, Манаас туллаҥнаабат олохтооҕун көрөн кыргыыс бастаахтара табыллыбатахтарын өйдүүллэр. Туох соруктаах кэлбиттэрин Манаас ыйыталаспытыгар хайалара да күттүөннээх хоруйу биэрбэт. Ол кэннэ кыргыыстарга саба түһүү буолаары турарын Манаас ыалдьыттарыгар иһитиннэрэр. Кытай хаана Хоҥурбаай урут хотторбут кыһыыта-абата ааспакка үтүмэн күүһү хомуйан кыргыыстары бэриннэрэрдии оҥостор эбит. Манаас уруттаан өстөөххө бэйэлирин сирдэригэр саба түһэн хаһан да сэриилээспэт оҥоруон баҕарарын биллэрэр. Хааннар Манаас этиитигэр сөбүлэһэргэ күһэллэллэр. Буолаары турар улуу сэрии кэмигэр кыргыыстар хааннарынан Бахай талыллар. Алмамбет кыргыыс сэриитин баһылыга буолар уонна сэриитин кытай киинигэр Бээдьиҥҥэ салайар.
Уһуннук айаннаан кыргыыс сэриитэ кытай сирин быыһыгар тиийэр. Дьоннорун сынньата хаалларан баран Алмамбет, Сырҕак, Чубаак и Манаас буолан чуҥнаан көрө бараллар. Өстөөх сиригэр тиийэн үгүс үөр сылгыны үүрэн илдьэ бараллар. Кытайдар ону эккирэтээччи буолаллар, кыргыһыы саҕаланар. Бүтэһигэр кыргыыстар өстөөх үтүмэн күүһүн үлтүрүтэллэр. Эпоска этиллэринэн Манаас Бээдьин куораты (кыргыыстыы Бээжин "ииримтийэр биэ" диэн тылбаастанар) сэриилээн ылан алта ый салайан олорбут. Кытайдар харчы төлүүргэ сөбүлэһэн эйэлэһэргэ бараллар. Манаас Хоҥурбаай уонна кытай тойотторун тыынын өрүһүйэр. Ол кэннэ Хоҥурбаай өһүөннээн кыргыыс баатырдарын Алмамбеты, Чубаагы уонна Сырҕаҕы биирдии-биирди өлөртүүр. Манаас ордуутугар уоран киирэн Манаас тугу да сэрэйбэккэ сэбэ-сэбиргэлэ суох сарсыарда Таҥараҕа үҥэ олордоҕуна көхсүгэр үҥүүнэн түһэн бааһырдар. Ол бааһырыытыттан өрүттүбэккэ Манаас дойдутугар кэлэн сырдык тыына быстар. Каныкей эрин мавзолейга харайар. Манаас кэриэһигэр кыргыыстар бэйэлэрин икки ардыларыгар атааннаһан омугу мөлтөтөллөрүн этэр. Манаас уола Сэмэтэй төрүүрэ бу уол кэлин аҕатын иэстэһэрин кэрэһэлиир. Ити курдук сыыйа эпос иккис түһүмэҕэ тахсан кэлэр. Бу түһүмэххэ Манаас уола Сэмэтэй уонна кини аргыстарын олохторо-дьаһахтара, хорсун быһыылара кэпсэнэр. Кинилэр эмиэ аҕаларын курдук дойдуларын көҥүлүн туруулаһаллар, өстөөхтөрүн суоһараллар.
Манаас суох буолбута түөрт уон да хонуга туола илигинэ Дьакып Каныкейи Манаас инитигэр кэргэн биэрэргэ тыл көтөҕөр. Манаас оннугар инитэ Көбөш эр буолар уонна Каныкейи атаҕастаабытынан барар, уолларын Сэмэтэйи суох гына сатыыр. Ол онтон Каныкей уолун туппутунан аймахтарыгар күрүүр. Онон Сэмэтэй ким-ханнык буоларын билбэккэ улаатар. Уон алта сааһын туоларыгар Манаас уола буоларын билэр уонна дойдутугар төннөргө сананар. Аҕата ордууланан олорбут сиригэр Таласка төннөн кэлэн аҕатын өстөөхтөрүгэр иэстэһэн барар. Аҕатын инилэрину Абыкены, Көбөһү уонна сорох таҥнарбыт бөтөстөрүн суох гынар. Өссө төрүү илигинэ аҕата илии охсуспутун быһыытынан Ай-Чүрөк диэн кыыһы кэргэн ылар. Кытай сиригэр сэриинэн түһэр уонна киирсэ сылдьан Хоҥурбаайы өлөрөр. Сэмэтэйи Хаанчоро диэн өстөөҕүн Кыйааһы кытта куомуннаһан таҥнарар. Кыйаастан бааһыран баран Сэмэтэй сүтэн хаалар. Эрэллээх доҕоро Күлчоро уонна кэргэнэ Ай-Чүрөк өстөөх илиитигэр киирэллэр. Таҥнарыахсыт Хаанчоро хаан буолар. Ай-Чүрөк Сэмэтэйтэн оҕолоноро чугаһыыр, ким да ону билбэт.
"Сэмэтэй" үс түһүмэхтэн ордук элбэхтэ толоруллар. Итиннэ кэпсэнэр хорсун боотурдар туора омуктар илиилэриттэн буолбакка бэйэ дьоно таҥнарбыттан олохторо быстар.
Ис өстөөхтөрү кытта киирсии "Манаас" үһүс чааһыгар "Сэйтэккэ" кэпсэнэр. Сэйтэк диэн Манаас сиэнэ буолар. Инники кэпсэммитин курдук бу да сырыыга сүрүн санаа - ис да, тас да өстөөҕү кыайан, эйэлээх олоххо тиийэн омугу сомоҕолооһун буолар. Сэйтэк өстөөхтөрүгэр олорон иитиллэр, ээмиэ бэйэтэ ким буоларын билбэккэ улаатар. Улаатан баран дьиҥнээҕин билэн дьонугар-сэргэтигэр төннөр уонна өстөөхтөрүн кыайар. Ол кэннэ бар дьон сомоҕолоһон эйэлээх олох саҕаланар. Сэмэтэй уонна Сэйтэк олохторунан Манаас олоҕо салҕанарын көрдөрөр диэн этэллэр.
Манааһы үөрэтии
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Манааһы үөрэтии (кырг. Манастаануу) — кыргыыс култууратын үөрэтии туспа салаата буолар. Билим өттүттэн чинчийиилэри XIX үйэ иккис аҥаарыгар Ч. Валиханов уонна В.Радлов саҕалаабыттара. Валиханов Манаас кылгас сороҕотун суруйан хаалларбыта уонна 1856 сыллаахха кылгатан нууччалыы тылбаастаабыта. Сүрүн чинчийиилэр — КР НБА Манааһы үөрэтии уонна уус-уран култуура Национальнай киинигэр ыытыллар (дириэктэрэ — Акматалиев, Абдылдажан Амантурович).
Манаас сахалыы тылбааһа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]2014 сыллаахха Манаас сахалыы тылбаастанан тахсыбыта. Бу үлэ Олоҥхо үнүстүүтүн тосхолунан ХИФҮ үбүлээһининэн ыытыллыбыта. Тылбаасчыттар: А.Г. Гуринов, Т.И. Петрова уонна Т.С. Кириллин
Манаас 1000 сыла
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1994 сыллаахха ХНТ Бас Ассамблеята "Манаас" 1000 сылын Аан дойду үрдүнэн бэлиэтиир туһунан уураахтаабыта. Тэрээһиннэр 1995 сыллаахха буолбуттара. Сүрүн өттө Таласка буолбута. итиннэ анаан «Манаас-1000» диэн кыһыл көмүс уордьан уонна кыһыл көмүс мэтээл олохтоммуттара.
Сабыдыала
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Филателия
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]-
Почтовая марка Кыргызстана
-
Почтовая марка СССР
Пааматынньыктар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Манаас мэҥэ тааһа Бишкек куоракка филармония дьиэтин иннигэр уонна «Ала-Тоо» киин болуоссакка.
- Кыргыстаан таһыгар бастакы мэҥэ таас Москва куоракка олунньу 2012 сыл 24 күнүгэр Дружба паарка сиригэр туруоруллубута.
- «Айкөл Манас» комплекс Ош куоракка. 2013 сыл ыам ыйыгар аһыллыбыта
- Өзгөн куоракка. 2011 сыл ахсынньытыгар арыллыбыта
- Баткен куоракка."Манас Ордо" 1987 сыллаахха арыллыбыта.
Эпос аатын сүгэллэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- «Манас» Университет — Бишкек куорат Официальнай саайт
- Манас — Бишкек таһыгар сэлиэнньэ уонна салгын пуорда.
- Манас (киинэ тыйаатыра) — Бишкеккэ киинэ тыйаатыра.
- Манас — Кара-Балта куоракка стадион.
- Астероид (3349) Манас. Николай Степанович Черных диэн сэбиэскэй астроном 1979 сыллаахха арыйбыта.
- «Манас» уордьан — Кыргыстаан үрдүкү наҕараадата.
- Манас — Абдыласом Малдыбаевым композитор суруйбут операта
- Манас — Кытайга баар күөл.
- Манас — Хайалаах Алтаайга баар күөл.
- Манас — Алматы куоракка баар уулусса.
- Манас, Семетей, Сейтек — урукку хомсомуолга, пионерга, октябренокка майгынныр оскуола оҕолорун тэрилтэлэрэ.
- Манасаро́вар — Кытай Тибет автономнай уокуругар Лхасаттан 950 км тэйиччи сытар иһэр уулаах күөл.
- Манас Флоу — Андрея Замай диэн рэп толорооччу айымньыта.
Хос бэлиэтээһиннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Литэрэтиирэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Мамай Жүсүп. Манас. Т. 1-18. Урумчи, 1984—1995.
- Манас. Киргизский эпосi. Великий поход. М., 1946.
- Манас. Эпизоды из киргизского народного эпоса. М., 1960.
- Манас: киргизский героический эпос. / Пер. А. С. Мирбадалевой, Н. В. Кидайш-Покровской. В 4 кн. (Серия «Эпос народов СССР» — «Эпос народов Евразии». М.: Наука. 1984—1995.
- на казахский: Манас. Кыргыз халкының батырлык дастаны. 1-2 китап. Алматы, 1961—1962.
- на узбекский: Манас. Киргиз хəлк эпоси. Миртемир терж. Кит. 1. Таш., 1964.
- на немецкий: Manas der Hochnerzige. Kirgisiche Heldenepos. B., 1974.
- на венгерский: Manasz. Kirgiz Hösének. Budapest, 1979.
- The Memorial Feast for Kökötöy-Khan, A. T. Hatto, Oxford University Press. 1977.
- Manas. Translated by Walter May. Rarity, Bishkek, 2004. ISBN 9967-424-17-6
- Манас: энциклопедия. В 2 т. Бишкек, 1995. (на киргизском языке.
- Киргизский героический эпос «Манас». М., 1961. Статьи из сборника:
- С. 15-84. Ауэзов М. Киргизская народная героическая поэма «Манас».
- С. 85-196. Жирмунский В. М. Введение в изучение эпоса «Манас».
- С. 197—234. Богданова М. Об особенностях киргизского героического эпоса «Манас».
- С. 235—256. Берков П. Н. Алтайский эпос и «Манас».
- С. 282—297. Юнусалиев Б. М. Об опыте создания сводного варианта эпоса «Манас».
- «Манас» — героический эпос киргизского народа. М., 1968. Статьи из сборника:
- С. 148—176. Бернштам А. Н. Эпоха возникновения киргизского эпоса «Манас». К происхождению имени «Манас».
- С. 212—231. Юнусалиев Б. М. Киргизский героический эпос «Манас».
- Керимжанова Б. «Семетей» и «Сейтек». Фрунзе, 1961.
- Мусаев С. Эпос «Манас». Научно-популярный очерк. Фрунзе, 1979.
- Кыдырбаева Р. З. Генезис эпоса «Манас». Фрунзе, 1980.
- Кыдырбаева Р. З. Сказительское мастерство манасчи. Фрунзе, 1984.
- Кыдырбаева Р. З. Эпос «Манас». Генезис, поэтика, сказительство. Бишкек, 1996.
- Spirited Performance. The Manas Epic and Society in Kyrgyzstan. N. van der Heide, Amsterdam, 2008.
- Боура С. М. Героическая поэзия. / Пер. с англ. М., 2002. С. 143—147, 477—479, 485—487, 650—651 и др. места книги
- Мелетинский Е. М. Происхождение героического эпоса. М., 1963. (2-е изд. 2004). С. 366—375
- Путилов Б. Н. Эпическое сказительство. М., 1997. С. 48-51.
- Райхл К. Тюркский эпос. / Пер. с англ. М., Вост. лит., 2008. С. 76-80, 88.
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кыргызский эпос «Манас». Прозаический и стихотворные варианты эпической трилогии, текст эпоса на кыргызском языке
- Б. М. Юнусалиев. Кыргызский героический эпос «Манас». На сайте «Новая литература Кыргызстана»
- Эпос «Манас» в исполнении Саякбая Каралаева
- Ибраев К. Жусуп Мамай — последний великий кыргызский сказитель-манасчы из китайского Синьцзяна Архыыптаммыт 2017, Алтынньы 20 күнүгэр.
- Перевод Олонхо