Иһинээҕитигэр көс

Кома

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кома (гир. κῶμα koma — дириҥ утуйуу) диэн өйө суох дириҥ турук. Комаҕа сытааччы уhугуннарыллыбат, ыарыыны уонна сырдыгы билбэт, утуйуу цикллара суох уонна бэйэтэ тугу да кыайан гыммат. Кома араас төрүөттээх: интоксикация, метаболизм сыыhа барыыта, киин ньиэрбэ тиһигин ыарыылара, инсульт уонна хипоксия. Онтон таhынан кома төбө оhолуттан сылтаан буолуон сөп.