Иһинээҕитигэр көс

Гагра

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Гагра
გაგრაХалыып:Ge icon
ГаграХалыып:Ab icon
—  Town  —
Old Gagra
Old Gagra
Old Gagra
Coat of arms of Гагра
Coat of arms
Гагра Абхазия хаартатыгар
Гагра Абхазия хаартатыгар
Гагра Абхазия хаартатыгар
Гагра (Georgia (country))
Гагра
Гагра
Гагра Грузия хаартатыгар
Координаталара: 43°20′ с. ш. 40°13′ в. д. / 43.333° с. ш. 40.217° в. д. / 43.333; 40.217 (G) (O)
Country Абхазия,[note 1] Грузия
Оройуон Гагра оройуона
Cалалтата
 - Мэр[note 2] Беслан Барцис Халыып:Small

Гагра (Абхааз тылынан уонна нууччалыы нууч. Гагра; груз. გაგრა) диэн Абхазияҕа баар куорат. Уопсай устата 5 км, Хара Муора кытыытагар уонна Хапхаас хайаларын анныгар сытар. Уруккуттан курорт быһыытынан биллэр.

Гагра оройуонун киинэ. Абхазия арҕаа өттүгэр сытар, Россия Краснодарскай кыраайын кытта кыраныыссалаах, ол кыраныысса Псоу өрүһүнэн барар.

Гагра бастаан гириэк колониятын быһыытынан олохтоммута. Колхида хороллук бириэмэтигэр Триглиф диэн ааттах этэ.

Рим Империятын бириэмэтигэр аата Нитика диэн биллэр буолбута. Олус табыгастаах миэстэлээх буолан араас-араас норуоттар саба түһэллэрэ.Византия империятын бириэмэтигэр Колхида сирин барытын былаас ылбыттара, Венецияттан уонна Генуяттан кэлбит атыыһыттар манна атыыны сайдыбыттара. Гагра диэн аатын бастаан 1308 сыллаахха ылбыта.

Арассыыйа Империя бириэмэтигэр

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Принц Онденбург дыбарыаһа

XVI үйэҕэ Грузия чааһа этэ. Осмаан империята саба түспүтэ. Куорат урусхалламмытын кэннэ дьон куоппута. 1878 сыллаахха Арассыыйа Осмаан империятын хоппутун кэннэ куораты саҥаттан туппута.

1905 уонна 1915 сыл икки ардыгар көстүүтэ.

Сэбиэскэй Сойуус бириэмэтигэр

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1919 сыллаахха Ленин Гаграҕа "үлэһиттэр курортарын олохтообута". Онденбург туппут курортарын национализациялаабыта. Ол кэнниттэн Гагра уоппускаҕа барар дьоҥҥо олус киэҥник биллэр буолбута. Аан дойду Иккис сэриитин кэнниттэн сэриигэ эчийбит саллааттары доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэ аҕалаллара. Сэрии кэнниттэн элбэх ил санаторийдар тутуллубуттара. Курорт түргэнник улаатан "Сэбиэскэй Ривьера" диэн ааттанар буолбута.

Сэбиэскэй Сойуус кэннинээҕи Абхазия

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Гагра Колоннадата.

1992 сыллаахха грузин уонна абхаас норуоттар бэйэ бэйэлэрин утары сэрии тэрийбиттэрэ. 1993 сылллаахха сэрии бүппүтэ, уончанан тыыһынча грузиннар дьиэлэрин хаалларан Грузияҕа көспүттэрэ. [1][2] Гагра уонна Абхазия киин курата Сухуми сэрии түмүгэр олус күүскэ урусхаламмыттара.

  1. Murphy, Paul J. (2004), The Wolves of Islam: Russia and the Faces of Chechen Terror. Brassey's, ISBN 1-57488-830-7.
  2. Human Rights Watch Arms Project. Human Rights Watch/Helsinki. March 1995 Vol. 7, No. 7. Georgia/Abkhazia: Violations of the Laws of War and Russia’s Role in the Conflict
Wikimedia Commons
Wikimedia Commons
Гагра Биики Хааһахха

Халыып:Administrative divisions of Abkhazia Халыып:Cities and towns in Georgia (country)
Цитата сыыһата: "note" бөлөх <ref> тиэгигэр сөп түбэһэр <references group="note"/> тиэк көстүбэтэ