Үп
Үп диэн харчы туттуллуутун үөрэтэр үөрэх. Харчынан хааччыйыы үбүлээhин дэнэр.
Үп диэн тылынан үксүн харчыны ааттыыллар, синоним курдук эбэтэр холбуу (үп-харчы).
Үп маннык көрүҥнэргэ үллэстэр: тэрилтэ үбэ, тус үп уонна аһаҕас үп.
Үп хааччыйыылара
уларытТус үп
уларытТус үп ыйытыылара:
- Киhиэхэ (эбэтэр ыалга) төһө харчы наада буолуо уонна хаhан?
- Ол харчы хантан уонна хайдах кэлэр?
- Дьон хайдах эрдэттэн биллибэтэх түбэлтэлэртэн харыстаныахтарын сөбүй?
- Ыал баайа (активтара) хайдах кэлэр сүһүөхтэргэ бэриллиэхтэрин сөбүй (утумнааhын)?
- Түһээн политиката тус үп быhаарыыларыгар хайдах дьайар?
- Кредит киhи харчытын илгэтигэр хайдах дьайар?
- Бигэтэ суох экономика тулалыыр эйгэтигэр хайдах үп эрэмньилээх инникитин былаанныахха сөбүй?
Тус үптэрин дьон хайдах тутталлар? Үксүн маннык: үөрэҕирии төлөбүрэ, «өр үйэлээх» маллары ылыы (холобур, хамсаабат баай уонна массыына), харыстаныыны үбүлээhин (холобур, доруобуйаны эбэтэр бас билиини харыстаныы), уурайыыга (пенсияҕа тахсыыга) анаан харчы угуу.
Тэрилтэ үбэ
уларытТэрилтэ (корпорация) үбэ диэн тэрилтэ үлэтин үбүлээhинин хааччыйар сорудах.
Уhун болдьохтоох үбүлээhин бас билиигэ кыттыынан (акция) уонна уhун болдьохтоох кредитынан бэриллэр, үксүн облигация курдук.
Үп атын бизнес быhаарыыта — инвестиция, ол эбэтэр активтарынан салайыы. Инвестиция диэн активтары ылыы. Инвестициялааччы ылар активтарын сыаналара оннунан хаалыа эбэтэр үүнүө диэн эрэнэр.
Инвестициялааhыҥҥа (бартыбыал талыытыгар) туох, төһө уонна хаһан диэн ыйытыылар быhаарыллыахтаахтар.
Капитал
уларытКапитал диэн харчы. Капитал бизнеска малы оҥорорго (эбэтэр хааччыйыыны тэрийиигэ) анаан атын малы ылар кыаҕы биэрэр.
Бүддьүөт
уларытБүддьүөт диэн тэрилтэ бизнес былаанын бигэргэтэр докумуон.
Ил үбэ
уларытИл, регион, куорат эбэтэр муниципалитет үбэ аһаҕас үп дэнэр.
Үп экономиката
уларытҮп экономиката диэн үп уларыйар кэриҥнэрин (сыана, өлүү сыаналааhына уонна акция) ситимнэhиилэрин үөрэтэр экономика салаата.
Үп экономиката үөрэтэр темалара:
- Сыаналааhын - актив кырдьык сыанатын билии
- Бу актив төһө кутталлаах?
- Туох харчы сүүрээнин оҥоруой?
- Баhаар сыаната маннык курдук активтардыын хайдах тэҥнэhэр?
- Харчы сүүрээннэрэ атын активтан эбэтэр түбэлтэттэн тутулуктаахтар дуо?
- Үп баhаардара уонна сэптэрэ
- Табаардар
- Хаhаастар
- Облигациялар
- Харчы баhаарын сэптэрэ
- Үп институттара уонна регуляция
Үп эконометриката диэн үп экономикатын салаата, кини экономика ньымаларын сыhыаннары чинчийиигэ туттар.
Үп математиката
уларытҮп математиката диэн туттуллар математика салаата. Математика ньымаларынан (сүрүннээн статистиканан) үп баhаардарын сыhыаннарын үөрэтэр.
Быһаарыылар
уларытӨссө маны көр
уларытБу үпкэ-харчыга туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |